Коныл тол ыны санды нота

Если octo на латыни «восемь», то почему октава содержит семь нот?

Даже при минимальных познаниях в музыкальной терминологии каждому наверняка известно, что существует понятие звукового ряда, который состоит из 7 базовых нот. Какое отношение к этому имеет октава, что обозначает данный термин и почему он имеет такое название?

Что такое октава?

Октава – термин, относящийся к музыке. Он представляет собой музыкальный интервал – то есть, показывает, как отличаются по высоте соседние музыкальные звуки. В октаве частоты соотносятся как 1:2. Другими словами, частота высокого звука в 2 раза превышает частоту низкого.

Октавы можно различать на слух, хотя речь идет, конечно, о субъективном восприятии. Если прослушать два звука, разделенные одним интервалом, можно заметить, что они очень похожи, но по высоте все же отличаются.

Одна октава

Октава напрямую связана с диатоническим звукорядом и ступенями. Ее интервал охватывает 8 ступеней. Звукоряд представляет собой последовательность звуков, в которой они расположены в определенном порядке – восходящем или нисходящем. Cтупень в звукоряде – это каждый отдельный звук.

Существует 3 типа октавы:

  • чистая (8 ступеней, 6 тонов);
  • уменьшенная (8 ступеней, 5,5 тонов);
  • увеличенная (8 ступеней, 6,5 тонов).

Происхождение названия

Термин октава происходит от латинского слова «octava», обозначающего цифру восемь. Фактически в звукоряде действительно семь нот: «до-ре-ми-фа-соль-ля-си». Однако интервал охватывает ступени определенной диатонической последовательности. К примеру, от ноты «ре» до следующей ноты «ре», или от «ми» до следующей ноты «ми» – получается как раз 8 ступеней.

У октав также имеются свои наименования: субконтроктава и контроктава, большая и малая октава, а также нумерация по порядку от 1 до 5 – первая, вторая и т.д.

Читайте также:  Как по снегу по метели трое саночек летели ноты

В теории музыки для обозначения октавы используют цифру 8. На самом деле в октаве, помимо 7 нот, есть еще и 5 полутонов, поэтому она состоит из 12 ступеней. Нагляднее всего это можно увидеть на фрагменте клавиш пианино. Каждая белая клавиша – это самостоятельная нота, а черная – ее полутон, диез или бемоль в зависимости от расположения.

Если Вы нашли ошибку, пожалуйста, выделите фрагмент текста и нажмите Ctrl+Enter.

Источник

Сеньо и фонарь: музыкальный ликбез

Сеньо и фонарь – два великолепных знака сокращения нотного письма, позволяющие неплохо сэкономить на бумаге и краске. Они выполняют навигационную функцию и применяются в том случае, когда при исполнении произведения требуется повторить или же пропустить какой-нибудь значительный по продолжительности фрагмент.

Очень часто сеньо и фонарь применяются в паре, «работают в команде», но их встреча в одном произведении совсем не обязательна, иногда они используются и по отдельности.

Сеньо (segno) – это знак, указывающий, с какого места нужно начать повторение. Момент, после которого требуется перейти к повтору, отмечается в партитуре словами Dal Segno (то есть «со знака» или «от знака») или краткой аббревиатурой D.S. Иногда вместе с D.S. указывается последующее направление движения:

  • D.S. al Fine – от знака «Сеньо» до слова «Конец»
  • D.S. al Coda – от знака «Сеньо» до перехода на «Коду» (до фонаря).

Фонарь (он же coda) – это знак пропуска, им отмечают фрагмент, который при повторении купируется, то есть пропускается. Второе название знака – кода (то есть завершение): очень часто при повторении требуется дойти до фонаря, а потом перейти к следующему фонарю, который указывает на начало коды – завершающего раздела произведения. Всё, что находится между двумя фонарями – пропускается.

Источник

Девять нот

На самом деле, существует полный цикл не из семи, а девяти нот. Я не предлагаю менять нотную азбуку, а использовать девять нот в медицине.
Древние использовали цикл девяти нот в оздоровительных целях. В этом случае, звук производился с закрытым ртом. Протяженность звука могла быть в один или два цикла. Натренированные люди производили не прерывную звуковую линию из трех и более циклов. Но, начинать всегда нужно с одного цикла. При таком методе воспроизведения девяти нот, вибрация звука соприкасается с шишковидной железой, через которую влияет на все девять главных энергетических каналов организма. Использовали циклы девять нот и в технологиях.
КРАТКО О ФАКТЕ НАЛИЧИЯ ЦИКЛА ДЕВЯТИ НОТ
Вы знаете о таблице «Factor 9», показывающей шкалу звучания нот в герцах. Вам так же известно, что сумма цифр во всех ячейках таблицы имеет цифровое значение – 9. А мы взглянем на таблицу с нового ракурса. Итак, в таблице 14 горизонтальных рядов, по 5 ячеек в каждом. Вы их видите в нижеприведенной таблице. В каждом ряду я суммировал суммы числа ячеек и разделил на 9. Полученный результат показал в цифровом значении чисел. (крайний правый столбец таблицы).

..C__126__252__504__1008__2016__3906 : 9 = 434____2
C#__135__270__540__1080__2160__4185 : 9 = 465____6
..D__144__288__576__1152__2304__4464 : 9 = 496____1
D#__153__306__612__1224__2448__4743 : 9 = 527____5
..E__162__324__648__1296__2592__5022 : 9 = 558____9
..F__171__342__684__1368__2736__5301 : 9 = 589____4
F#__180__360__720__1440__2880__5580 : 9 = 620____8
..G__189__378__756__1512__3024__5859 : 9 = 651____3
G#__198__396__792__1584__3168__6138 : 9 = 682____7
AB__207__414__828__1656__3312__6417 : 9 = 713____2
..A__216__432__864__1728__3456__6696 : 9 = 744____6
A#__225__450__900__1800__3600__6975 : 9 = 775____1
..B__234__468__936__1872__3744__7254 : 9 = 806____5
B#__243__486__972__1944__3888__7533 : 9 = 837____9

Первые девять горизонтальных рядов показывают полный цикл. Затем вы видите точное повторение цикла, на что указывает цифровое значение последнего вертикального столбца. Полный цикл показал три главных ключа: 2-5-8, 6-9-3 и 1-4-7. Это еще раз доказывает, что все находится в сфере Девятки.
Если же посмотреть на ноты, через ракурс их звуковых диапазонов в герцах, то
вновь увидим полный цикл, показывающий три главных ключа. Это выглядит так:
396___639___963
417___741___174
528___852___285
Все остальные частоты являются промежуточными между этими девятью базовыми частотами. И как бы не пытались спрятать правду, составляя таблицы из промежуточных частот, но мой факт реальной системы не опровергнуть.
Еще раз взглянем на эти девять чисел, развернув их в линию. Не будем выписывать их от трех вышеуказанных столбцов, а лишь станем добавлять единицу к цифрам первого числа : 396-417-528-639-963-741-852-963-176-285. Мы получили тот же самый полный цикл. Для тех, кто не читал мою книгу скажу, что только эти три трехзначных набора имеют свойство, при добавлении единицы к цифрам возвращаться к исходному набору в три «шага». Всем остальным без-нулевым числам, любой величины, требуется девять «шагов». Пример:
12345678912345
23456789123456
34567891234567
45678912345678
56789123456789
67891234567891
78912345678912
89123456789123
91234567891234
—————
12345678912345
Только эти три набора имеют свойство основных «составителей» главных семи таблиц мироздания, которые были закрыты нашему миру тысячи лет и которые я открыл вам. Только они имеют статус выше всех чисел и не находятся в ячейках главных таблиц, подчиняясь только «королеве чисел — Девятке. И еще не мало узнаете о них в моей книге. Никола Тесла имел эти три ключа, но если бы разгадал их свойства, то смог бы открыть книгу чисел. Но, чтобы вынуть все содержимое книги нужно знать все 13 ключей и главное — их свойства. Разгадав эти тайны, я вынул содержимое первого «зала» книги. Существуют еще два «зала» в книге, доступные нашему миру. Во втором «зале» я обнаружил нечто более сложное.
Советую приобрести мою методичку для ваших детей. Она усилит развитие интеллекта, способностей, логическое мышление. сайт: ot198.ru

Источник

Сахалыы түүлдьүт

А

ААДЫРЫС

Түүлгэр олорор аадырыскын этэн биэрдэххинэ, туох эмэ сүтүк тахсыа эбэтэр үөрүү буолуо.

ААН

Кыра эрдэххинэ олорбут дьиэн аанынан киирдэххинэ, аймахтарыҥ ортолоругар дьоллоохтук олороруҥ бэлиэтэ. Сабаары гыннаххына туллан түһэр аан, билэр дьонноргор куттал суоһуурун сэрэтэр бэлиэ буолар.

ААТ

Бэйэҥ ааккын суруйбуттарын аахтаххына, аатыҥ киэҥник биллэр буолуоҕа.

АБААҺЫ

Абааһыны көрдөххүнэ — үтүөрэн барыаҥ; охсуһан кыайтардаххына — ыарыыҥ бэргиэ; кыайдаххына — ситиһии эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү буолуоҕа.

АҔА

Аҕаҕын көрдөххүнэ, үлэ-хамнас тупсан барыаҕа. Түһээн аҕаҥ сүбэтин иһиттэххинэ, ону толоро сатаа, кырдьыгы эппитэ буолуо: өлбүт аҕаҥ тугу эмэт этэр буоллаҕына, бары дьыалаларгар олус сэрэхтээхтик сыһыаннас.

АЙАН

Түһээн түргэнник айаннаатаххына, быстах ардах түһүө эбэтэр былытырыа.

АЛААС

Түүлгэ үүнүүлээх алааһы көрүү, байылыат олоҕу түстүүр; хара буор алаас көстүүтэ — дьадайыы, мөлтөөһүн бэлиэтэ.

АЛЬБОМ

Түһээн альбому көрдөххө, ситиһии буолуо эбэтэр саҥа доҕоттору кытта билсиһиэҕиҥ.

АМПААР

Толору маллаах ампаары көрүү — байылыат олоҕу түстүүр; кураанах ампаар — дьадайыыга көстөр; ампаар аана аһаҕас турара көһүннэҕинэ, сүтүк тахсыа.

АППА

Туһээн аппаны көрүү, онно киирэн тахсыы, санаа туолуутугар кыра мэһэйдэр баалларын этэҥҥэ туорууру көрдөрөр.

АПТААХ

Аптаах киһини көрдөххүнэ, дьыалаларыҥ табыллан баралларыгар түбэлтэ көмөлөһүө.

АРДАХ

Чуумпутук туһэр ардах көһүннэҕинэ‚ кыра ситиһии буолуо.

АРЫГЫ

Арыгы иһэргэ бэлэмнэнэн үрүүмкэлэри охсуһуннарыы саҕаланнаҕына, көһүппэтэх ыалдьыттары кытта көрсүһүү буолуо; кыһыл арыгыны көрдөххүнэ — санаан көтөҕүллүө; кыһыл арыгыны сөбүлээн истэххинэ, баай-талым олоххо уһуннук уонна доруобайдык олоруоххун сөп; үрүүмкэлээх үрүн арыгыны көрдөххө — санаа туолар; кыратык испит буоллаххына, туох эмэ кыра ситиһии буолуо; үрүүмкэлэргэ арыгы кутуталаатаххына, саҥа дьоннору кытта көрсүһэргэ бэлэмнэниэххэ сөп. Туох эмэ кыра иһиттэн арыгы истэххинэ, кыра мал-сал иһин өйдөспөт буолуу тахсыаҕа.

АРЫЫ

Туһээн арыыны таптайар — учугэйгэ‚ баайга; арыыны тохтоххо — ночоот тахсыа; сиэтэххэ, аймахтыыларга ордук санаһыы баар буолуо; сыбаннахха эбэтэр хомуйдахха барыс киириэҕэ.

АРЫЫ

Туох да үүнээйитэ суох арыы көстүүтэ, арыгыһыт буолан дьолу-соргуну сүтэриигэ тиэрдиэн сөп.

АҺАААЫН

Аһыы олорор киһи көстөн баран, ураты иҥсэлээхтик аһыыр буоллаҕына ыалдьыан сөп.

АТ

Ат мииммит киһини көрдөххүнэ, ыраах барыаҕыҥ; миинэр атын өллөҕүнэ — кэргэниҥ күүскэ ыалдьыаҕа; кыыс туһээн атынан айаннаатаҕына, сотору эргэ тахсыаҕа; уол оҕо аты мииннэҕинэ — кэргэн ылыа; маҕан ат баай-дуол буолууну, кэрэ, учугэй санаалаах кэргэни көрдөрөр; аккын былдьаан ыллахтарына — кэргэҥҥин бэйэтин баҕатын утары ханна эрэ илдьиэхтэрэ.

Түһээн акка ытыттарар — дьолго, учугэйгэ, ат ыарыыны ылан быраҕар; сыарҕалаах аттаах киһини көрдүххүнэ, үлэ-хамнас табыллыа; атынан айаннаан иһэн ыҥыырыҥ холборуйдаҕына, туһааннаах дьыалан табыллыа суоҕа. Хара аты көрдөххө — санаарҕабыл кэлиэ.

АТААРЫЫ

Ыраах барыы, арахсыы бэлиэтэ.

АТАСТАҺЫЫ

Кими эмэ кытта тугу эрэ атастастаххына, эйигин сөбүлүүр доҕотторун элбиэхтэрэ.

АТАХ

Түүлгэ атаҕыҥ тоһуннаҕына, улэҕэр ситиһииҥ намтыаҕа эбэтэр дуоһунаһын аллараа туһуөҕэ; атах сыгынньаххын көрдөххүнэ, дьадайан барыаҕыҥ эбэтэр ыалдьыаххын да

АТАХ

Атаҕыҥ сотото сонообут буоллаҕына, ыарыы буолуо эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа; түүлгэр атаххын сүтэрдэххинэ, үчүгэй доҕоруҥ барыаҕа; бэйэн атаххын эбэтэр атахтаргын көрдөххүнэ, сотору кэминэн этэҥҥэ олоруу туһунан ылсыһан толкуйдаатаххына табыллыа; атах тилэҕэ көһуннэҕинэ, кыраттан сылтаан хомолто буолуоҕа.

АТАХ

Токур атахтардаах буолан баран, хаама сылдьар буоллаххына, куһаҕаннык саныыр дьоннору билэн аны кинилэр албыннарыгар киириэҥ суоҕа.

АТАХ ТАҤАҺА

Алдьаммыт эбэтэр кирдээх атах таҥаһын көрүү дьадайыы бэлиэтэ; түүлгэ атах таҥаһын сууйуу, хом санааҕа, итэҕэйбэт буолууга көстөр.

АТЫРДЬАХ

Дьиэҕэ-уокка табыллыбат буолуу, арахсыы бэлиэтэ.

АУКЦИОН

Туһээн аукционна сырыттахха, атыы-эргиэн дьыалата табыллан барыаҕа.

АЧЫКЫ

Түүлгэр ачыкы кэттэххинэ, кырдьыаххар диэри олоруон.

Б

БААЙ

Аймахтарын баай-мал үллэстэн ылалларын көрдөххүнэ, улэҥ-хамнаһыҥ ситиһиилээх буолуо; түһээн байбыт буоллаххына, улэ-хамнас учугэй буолуоҕа.

БААҤКА

Кураанах бааҥканы көрдөххүнэ, улахан ночоот тахсыан сөп; толору бааҥка — дьыала табыллыытыгар көстөр.

БААС

Түһээн бааһырбыт киһиэхэ көмөлөһөн бааһын эмтиир, баайар буоллаххына, ситиһиини оҥороргор көмө баар буолуоҕа.

БАҔА

Көрдөххүнэ — аптаах киһи кэлиэҕэ.

БАҔАНА

Улахан баҕананы охторор киһи сотору улаханнык ыалдьыаҕа; үрдүк баҕананы көрдөххө — ситиһии, кыайыы буолуо.

БАДАРААН

Түһээн бадарааҥҥа түһүү — үлэ-хамнас дьыалата мөлтөөбүтүн көрдөрөр; бадарааны кэһии — табаарыстаргын сүтэриэн; көрдөххүнэ — ночоот, үлэ-хамнас ыһыллыыта саҕаланыа; атын дьон бадарааҥҥа түспүттэрин көрдөххө, сотору кэминэн чугас дьонноруҥ хомотуохтара, ону кытта ыалдьыахтарын да сөп.

БАЛААККА

Түүлгэ балааккаҕа олорор буоллахха, сотору кэминэн олоххор дуу, үлэҕэр дуу биллэр уларыйыылар буолуохтара.

БАЛЫК

Туһээн балыгы көрдөххө, былыттаах күннэр буолаллар; балык минин истэххэ, дьыала атахтанар, аанньа табыллыбат; балыгы сиэһин — ыарыыга, тымныйыыга көстөр; буспут балыгы көрдөххүнэ, оҥоруохтаах дьыалаҥ хойутаан да буоллар табыллыа. Балык уҥуоҕун көрүү — хомолтоҕо, ночоокко. Балык мүччү туттаран куотуута, таптыыр киһигин дуу эбэтэр доҕоргун дуу сүтэрэриҥ бэлиэтэ.

БАНДЬЫЫТ

Бандьыыттар саба тустэхтэринэ — куттал буолуо. Көрдөххүнэ — тирээн кэлбит дьыалаҕар сөптөөх быһаарыыны ылыныаххын наада.

БАТТАХ

Баттаҕы көрөр — ыарахан санааларга; үүнэн хаалбыт баттахтанар — кутурҕаҥҥа; түһээн маҥан баттахтанар, өй-санаа уоскуйуутугар, сынньаланна тиэрдиэҕэ.

Баттаххын тарааннаххына, үлэн-хамнаһыҥ, доруобуйаъг үчүгэй буолуо; түүлгэр тараҕай буолан хаалбыт буоллаххына, өр санааргыы сылдьыбытыҥ дьэ суох буолуоҕа.

Түүлгэ баттаҕын түһэр буоллаҕына, улахан санаарҕабылга ылларыаххын сөп эбэтэр туох эмэ сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара.

БАТЫЙА

Батыйалаах буоллаххына, көмүскэл баар буолуо; көрдөххүнэ өстөһүү, иирсээн бэлиэтэ; батыйаны ыллаххына, ылыммыт дьыалаҕын толороргор дьулуурдаах буолуоҕуҥ.

БЕНЗИН

Бензининэн дуу, техника арыытынан дуу ону-маны бистэххинэ, дьону кытта сыһыаҥҥын мөлтөтуөн; түһээн бензини көрдөххө эбэтэр туохха эмэ туһаннахха, соһумар күүппэтэх түбэлтэ буолуо.

БИБЛИОТЕКА

Түүлгэр библиотекаҕа сырыттаххына, урукку убаастыыр дьонноруҥ саҥа доҕотторгун уонна кэнники улэҕин-хамнаскын сөбулуөхтэрэ cyoҕa.

БИНСЭЭК

Туһээн бинсээк кэттэххинэ эбэтэр уһуллаххына кэлэн иһэр олоххор буолар уларыйыыны көрсөргө бары кыаххын мунньан бэлэмнэннэххинэ эрэ табыллыҕа эбэтэр эйигиттэн тутулуктаах туох эрэ быһаарыыны ылынарын наада; caҥa бинсээк кэттэххинэ — дуоһунаһын урдуө; бинсээгиҥ алдьаммыттаах эбэтэр тырыттыбыт буоллаҕына, үлэ-хамнас туруга мөлтөөбутун биллэрэр; кирдээх буоллаҕына, эн тускунан мөлтөхтук этэллэр.

БИЛЛИИ

Түүлгэр биллиилээх дьоннору кытта сырыттаххына, сотору бэйэн улэҕэр ситиһиилэри оҥоруоҕуҥ.

БИһИЛЭХ

Туһээн биһилэххин кэтэр дьахтары көрдөххө, кыыс оҕо төрүөҕэ; биһилэх суттэҕинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы тахсыаҕа; таастаах биһилэҕи көрдөххүнэ, доҕоргун булуоххун эбэтэр эргэ тахсыаххын cөп.

Кыһыл көмус биһилэхтээх буоллаххына, дуоһунаһыҥ үрдүөҕэ, билсиин-көрсүүҥ элбиэҕэ; биһилэҕи бэлэх биэрдэххинэ — ночоот буолуо; тарбаххар биһилэх кэтэ сылдьаргын көрдөххүнэ, инники оҥоруохтаах дьыалаҕар лаппа үрдүк ситиһиилэниэҥ эрээри‚ уһуннук барыа суоҕа; атын дьоннор биһилэх кэтэ сылдьалларын көрдөххүнэ, саҥа дьоннору кытта билсиһиэн эбэтэр барыс киириэҕэ.

БИЭДЭРЭ

Толору үүттээх биэдэрэ көһүннэҕинэ, үлэ-хамнас табыллыа. Дьахтар биэдэрэни тута сылдьарын туһээн көрөр буоллаҕына, дьиэтигэр-уотугар үөрүү-күтүү буолуо.

БИЭРЭК

Түһээн биэрэги көрдөххө, ыарыһах үтүөрэн эбэтэр дьадаҥы көнөн барыаҕа, холкутук дьоллоохтук олоруу бэлиэтэ.

БОРОБУЛУОХА

Дьэбиннээх боробулуоханы хомуйдахха, куһаҕан майгылааххыттан билэр дьонноруҥ санааргыыллар.

БОТУРУОН

Көрдөххунэ, олоххор быһаарыылаах тугэннэр кэлэн иһэллэрин уонна ол тугэннэргэ кытаанах, төттөру туспэт санааҕын көрдөрдөххунэ табыллар.

БӨҔӨХ

Кыыс оҕо бөҕөх кэппит буоллаҕына, сотору эргэ тахсыа.

БӨРӨ

Анньаҕа көстүбэт бэлиэ, ыарыы-быстыы сут сурэ эбэтэр куһаҕан майгылаах киһи көрсуөҕэ.

БӨTYӨH

Түүлгэр уу кутар бөтүөн көстүүтэ, бэйэҥ санааҕын толороргор дьулуургун көрдөрөр.

БӨX

Бөхтөөх биэдэрэни тута сылдьар буоллаххына, эйигин сөбулээбэт, ордук саныыр дьонуҥ эйиэхэ биллэрбэккэ уөрэ-көтө көрсөллөр.

БУЛТ

Бултуу сылдьыы — араас мэһэйдэри этэҥҥэ туорааһыны көрдөрөр; кыттыгас бултааһын — caнааҥ бөҕөтүнэн кыайыылары ситиһиэҥ.

БУЛУУ

Түүлгэ тугу эмэни булуу — ситиһии бэлиэтэ.

БУОР

Түһээн хаһыллыбыт буору көрөр — санаарзабылга.

БУОМБА

Буомба эстиитигэр түбэстэххинэ, соһуччу түбэлтэ буолуо.

БУРУО

Холкутук үөһээ тaxcap буруо көстүүтэ, дьиэҕэ-уокка эйэлээх буолууну көрдөрөр; xapa буруо — хоп-сип, куһаҕан caнaa мустуутугар тахсар.

БУУКУБА

Түһээн буукубаны суруйдаххына — эрэй, үлэ эбиллиэ; үөрэттэххинэ — байан, көнөн- барыаҥ; кердеххүнэ сонуну истиэн.

БУУРҔА

Буурҕаҕа түбастэххинэ, ночооттор тахсыахтара эбэтэр үлэ-хамнас атахтаныа.

БУДУРУЙУУ

Түүлгэр хааман иһэн бүдүрүйдэххинэ, тиэтэллээх быһаарыыны ылынартан туттунуохха.

БУЛУУһЭ

Кураанах бүлүүһэ түүлгэ көһүннэҕинэ, дьиэҕэ-уокка сыһыаннаах курус быһыы тахсыаҕа.

БҮӨ

Арыгылаах бытыылка бүөтүн астаххына, үлэ-хамнас тупсуута саҕаланыа, дьоллоох буолуон.

БЫЛААЧЧЫЙА

Саҥа былааччыйаны кэтэ сылдьыы, үөрүүгэ, барыс киириитигэр; маҕан эбэтэр сырдык дьүһүннээх былааччыйаны кэтэ сылдьыы — баайга, дьоллоох буолууга көстөр; кирдээх, алдьаммыттаах былааччыйаны кэтии — санаарҕабыл, эрэйдээх буолуу эбэтэр дьадайыы бэлиэтэ; кэтэ сылдьар ис ырбаахыҥ умайара, чугас дьоннорун куһаҕаннык этэллэрин, кинилэри кытта өйдөспөт буолууну көрдөрөр; киэргэллээх олус мааны былааччыйаны кэтии, ыарыһах киһи өлөрүгэр көстөр.

БЫЛЫТ

Күн тыган сырдаан көстөр былыттарын көрдөххүнэ, сотору кэминэн улахан үлэ-хамнас, санаарҕабыл кэнниттэн кыайыыны ситиһиэҕин; улахан хара былыттар таҕыстахтарына, эн тускунан куһаҕаннык этиэхтэрэ, ыалдьыы да

бУолуон сҕп, ону кытта ситиһиигэ дьулууруҥ мелтүөҕэ.

БЫРААТ, БАЛЫС

Кинилэри кердеххүнэ — үөрүү-кетүү буолуо.

БЫРААҺЫННЬЫК

Сана дьиэ сууйуутун бырааһынньыга кеһүннэҕинэ, киһи өлүүтэ эбэтэр туох эмэ куһаҕан быһыы буолуо.

БЫРДАХ

Элбэх бырдахтар көтөллөрүн түптэнэн үүрдэххинэ, дьоннор саналара күөдьүйэҥ иһэн тохтуоҕа.

БЫҺЫЫ

Түүлгэ тугунан эмэ тарбаххын быстаххына, олус сэрэх- тээхтик сылдьыахха наада, дэлби түһүөххүн сеп.

БЫһАХ

Саха быһаҕа — уол оҕо сүрэ. үчүгэй сытыы быһах эрэллээх, доруобай уолу, онтон сыппах хара быһах, мөлтех, ыарыһах уолу көрдөрөллөр; түһээтэххинэ саха быһаҕын бэлэх биэрдэхтэринэ, уол оҕо терүөҕэ. Бүк тутуллар быһах — этиһии, иирсээн бэлиэтэ. Куукунаҕа туттуллар быһах көстүүтэ, дьиэ иһигэр тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиитигэр, этиһии тахсыытыгар көстөр.

БЫТ

Быты керүү — байыы-тайыы; түүлгэ быты өлөрдөххө сүөһү өлөр, сүтэр; быттан ыраастаныы — араас хоптон-сиптэн, эбиискэ үлэттэн босхолонуу бэлиэтэ.

БЫТЫЫЛКА

Элбэх үлтүрүйбүт бытыылка тааһа көстөрө, эн тускунан соччо үчүгэйэ суохтук этэллэрин биллэрэр; толору арыгылаах бытыылканы көрөр — үчүгэйгэ, дьыала табыллыытыгар; кураанах бытыылка — араас үгүс эрэйдэр, түбүктэр элбииллэригэр. Арыгылаах бытыылка алдьаныыта, дьыала табыллыбатыгар, хомолтоҕо көстөр.

БЫЫЛ

Түүлгэр быылы бүрүнэ сырыттаххына, кыра-кыра ночооттор тахсыахтара; быылтан ыраастанан таҥаскын тэбэнэр буоллаххына, санаабыт санааҕын син ситиһиэҕин.

БЭЛЭХ

Ыллаххына — дьоллоох буолуон, барыс киириэ; бэйэҥ биэрдэххинэ, ким эмэ куһаҕаннык этиэ эбэтэр барыс киирэрин куоттарыан.

БЭРГЭһЭ

Түүлээх үчүгэй бэргэһэни кэттэххинэ, үөрүү буолуо, сыалгын ситиһиэҕиҥ; кэтэ сылдьар бэргэһэҕин сүтэрдэххинэ, төрөппуттэрин ыалдьыахтарын сөп; хара дьуһуннээх бэргэһэ — санаарҕабыл бэлиэтэ.

Түүлгэ ханнык эрэ куһаҕан бэргэһэлээх сылдьыы, төбө ыалдьаары гыммытын бэлиэтиир.

БЭРЭБИНЭ

Иннигэр улахан мэһэй баарын көрдөрөр, онтон иҥиннэххинэ дьыалан мөлтуөҕэ.

БЭСТИЛИЭТ

Бэстилиэтинэн ыттаххына туох эмэ ситиһии буолуо.

Түһээн бэстилиэти көрдөххүнэ, кэргэттэргин кытта айдаан, кыыһырсыы буолуо эбэтэр улаханнык мөҕуөхтэрэ.

Д

ДААЧА

Дьоннор даачаларын түһээн көрдөххүнэ, доҕотторун улэлэригэр улахан ситиһиини оҥоруохтара.

ДОҔОР

Доҕорун түүлгэр көһуннэҕинэ, тугу көрбүтүн үксэ сирэйинэн буолуоҕа эбэтэр тэйсии, арахсыы саҕаланыа; кутталлаах түүлгэ ыраах сылдьар доҕоргун көрдөххүнэ, киһин ыалдьыбыт эбэтэр туох эрэ буолбут буолуоҕа; түүлгэ доҕорун санаарҕаабыт куһаҕан көрүннээх буоллаҕына, эйигин ыалдьыы, эрэй-муҥ күүтэр; доҕорун үчүгэй көрүннээх көһүннэҕинэ, үчүгэй сонуннары истиэҕиҥ эбэтэр көрсүһүөххүтүн сөп. Өлбут доҕоргун кытта кэпсэттэххинэ, кини тугу эппитэ кырдьык, туһалаах этии буолуо.

ДОКУМУОН

Байыаннай билиэт эбэтэр паспорт көстүүтэ, улэ-хамнас, тубук үксүүрүгэр тириэрдэр.

ДОЛГУН

Түүлгэ улахан долгуннар көһүннэхтэринэ, үлэҕэ мэһэйдэр көрсөллөр.

ДЭРИЭБИНЭ

Билэр дэриэбинэн көһүннэҕинэ, урукку табаарыскын көрсүөҕүн эбэтэр сонуннары истиэҕиҥ; дэриэбинэҕэ сырыттаххына, туох эмэ үчүгэй, санаа туолуута буолуоҕа.

ДУОһУЙУУ

Түүлгэ туохтан эмэттэн астынар, дуоһуйар буоллаххына, үлэтигэр дьыалаларын табыллыахтара.

ДЬ

ДЬААһЫК

Түүлгэ толору маллаах дьааһыгы көрдөххүнэ, байыы, баай-дуол эбиллиитэ саҕаланыа; кураанах дьааһыгы көрүү — дьадайыы бэлиэтэ; мас дьааһыктан төлө көтөн тахсыы, күүстээх ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.

ДЬАХТАР

Кыыһырбыт, эрэйдэммит, куһаҕан көрүҥнээх дьахтары көрдөххүнэ, кыһамньылаах, дьулуурдаах буолуоххун наада, оччоҕуна тугу эмэни ситиһиэҕин; кыраһыабай оонньоһор дьахтар араас тыл-өс, ордук санаһыы баар буоллаҕына көстөр; кыһыл баттахтаах нуучча дьахтарын көрүү — мөлтөөһуҥҥэ, ыарыыга.

Булка сылдьан нуучча дьахтарын көрсөн туттаххына, улахан булдун табыллыа, онтон куоттардаххына — мэлийиэххин сөп.

Билбэт дьахтарын икки атаҕа суох буолан көһүннэҕинэ, сөбулуур дьыалаҕар атахтаныы тахсыаҕа; хат дьахтар түүлгэ көстүүтэ, олоххор бары үчүгэйи, инникигэ эрэллээҕи түстүүр.

ДЬИЭ

Урут олорбут дьиэҕин көрдөххүнэ эбэтэр тиийэ сылдьар буоллаххына, онтон ыалдьыттар кэлиэхтэрэ эбэтэр сонуннары истиэҕиҥ; үчүгэй дьиэни ыраахтан көрдөххүнэ — ситиһии буолуо. Түннүктэрэ уонна ааннара аһаҕас дьиэ көстуутэ, дьиэҕититтэн уоруу буолаары гыммытын сэрэтэр. Эргэ, урут олорбут дьиэн үчүгэй көрүҥнээх турар буоллаҕына, уһун кэм устата дьоһуннаахтык олоруоххун сөп.

ДЬОН

Санаарҕаабыт көрүҥнээх элбэх дьон мунньустубутун көрүү — харах уутугар, куһаҕанна көстөр.

ДЬЫБААН

Түһээн дьыбааны көрдөххө — сынньалаҥ буолуо; дьыбааҥҥа олоруу эбэтэр сытыы — холку, сынньалаҥ олоҕу түстүүр; атыылаһыы — холку олох иһэрин көрдөрөр.

З

ЗВОНОК

Түүлгэ аан звоногун тыаһын иһиттэххэ, кэтэспэтэх ыалдьытыҥ кэлиэ эбэтэр соһуччу сонуну истиэҕиҥ.

ЗАДАЧА

Түһээн ханнык эмэ задачаны суоттаатахха, наадалаах быһаарыыны булуохха сөп.

И

ИГИИ

Эбиискэ үлэ-хамнас кэлэн иһэрин бэлиэтэ.

ИИКТЭЭһИН

Кимиэхэ эмэ ииктээһин кэнниттэн, ол киһилиин этиһии, тыл-тылга киирсибэт буолуу бэлиэтэ; ким эмэ иигэ бырдаҥалаатаҕына эбэтэр сыбаннаххына, ыарыһах киһи үтүөрэн барыаҕа, онтон доруобай киһи ыалдьыан сөп; онно-манна ииктээһин буоллаҕына, бэйэн дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу эбэтэр кыра уларыйыылар, ночооттор буолуохтарын сөп.

ИИСТЭНЭР

Иистэнэ олорон тиэтэйэр, ыксыыр буоллаххына, кыһыйыы-абарыы, кыыһырсыы буолуо.

ИЙЭ

Түһээн ийэҕин көрдөххүнэ — барыҥ-барыта табыллыа; түһээтэххинэ ийэҥ кэлэн сэрэтэр, көрө-харайа сылдьар буоллаҕына, олус сэрэнэн, доруобуйаны харыстанан сылдьыахха наада.

Түүлгэ өлбүт ийэҥ көөстүүтэ, араас сыыһа-халты туттууттан сэрэтэр эбэтэр олоххор үчүгэй өттүн диэки уларыйыы буолаары гыммытын бэлиэтиир, онтон ыалдьаары эҥин гыммыт буоллаххына ийэн көстүүтэ атын, мөлтөх, куһаҕан көруҥнээх буолуоҕа.

ИЙЭ КЫЛЫН

Көрдөххө — дьонноргун кытта өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ.

ИЛИИ

Түүлгэ илиитэ суох буолар киһини көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһин өлуөҕэ; түһээн илии тутустахха, кимниин эмэ үчүгэй сыһыаны олохтуоҕун эбэтэр өр көрсүбэтэх додҕоргун кытта көрсүөҕун, эбэтэр иирсээн кэнниттэн эйэлэһиэн.

Соһуччу илии киртийбитин көрдөххүнэ, сөбө суох дьыаланы оҥостонҥҥун эрэйгэ тэбиллэрин бэлиэтэ; илии хааннаах буоллаҕына, доҕоргун сыыһа буруйдааҥҥын, сымыйаҕа балыйаҥҥын быстах кэмҥэ тэйсэ сылдьыаххын сөп.

ИНБЭЛИИТ

Көһүннэҕинэ, баҕа санааларын кыайан туолуохтара суоҕа.

ИННЭ

Түүлгэ инньэнэн тигэр буоллаххына, эрэнэр, итэҕэйэр киһигиттэн хомойуоххун сөп; көрдөөһун — таах хаалар улэлэр, эрэйдэр көрсөллөр; иннэни көрүү — этиһиигэ, иирсээҥҥэ. Саптаах иннэни көрдөххүнэ, эн бэйэн дьыалаҕын оҥороргунааҕар ордук дьон наадатыгар сылдьаргын көрдөрөр; иннэни булан ыллаххына, саҥа билсэр доҕотторуҥ эйигин сыаналыыр буолуохтара.

ИСКЭН

Соһуччу искэн таҕыстаҕына — көмө кэлиэ.

ИСПИИҺЭК

Түһээтэххинэ испииһэккэ аатын киирбэтэх буоллаҕына, доруобуйан тупсан, көнөн барыаҕа.

ИСПИИСКЭ

Түһээн испиискэни көрдөххүнэ, тугу оҥороору гынаргын соҕотоҕун кыайан оҥоруон суоҕа, сүбэ, көмө наада буолуоҕа.

Түүлгэр испиискэ умаппытын буруолуу-буруолуу умуллар буоллаҕына, хобдох, сөбүлээбэт быһыын буолуо.

ИСТИЭНЭ

Истиэнэ көһүннэҕинэ, иннигэр улахан мэһэйдэр күүтэллэр.

ИҺИТ

Түһээтэххинэ таас иһит алдьаннаҕына — дьол буолуо.

ИТИРИК

Быстах өйдөөх киһи итирик көстөр; бэйэн итирбит буоллаххына, эстии-быстыы, мөлтөөһүн кэлиитин бэлиэтэ.

Түүлгэр итирэн баран, өйдөнөн кэлэн санааргыыр буоллаххына, үлэҕэр-хамнаскар сыыһа туттуу тахсыаҕа, ити гынан баран маннык сыыһаны эрдэттэн кыһаммытын буоллар оҥоруон суоҕа этэ.

К

КАЮТА

Бэйэн хараабыл каютатыгар олорор буоллаххына, ханнык эрэ куһаҕан быһыы кэлэн иһэрин көрдөрөр.

КИИНЭ

Киинэ көрөр залга киирии — дьолго, үөрүүгэ.

КИЛИЭП

Түүлгэ килиэп сиэһинэ буоллаҕына, доруобуйан бөҕөргөөн иһэрин быһыыта; көрдөххө, биир тэҥник баран иһэр олохтоох буолуу бэлиэтэ.

КИНИГЭ

Кинигэни аахтаххына эбэтэр көрдөххүнэ, эйиэхэ убаастабыл, баай буолуу, сырдык диэки тардыһыы кэлиэҕэ.

КИРИЭһИЛЭ

Бириэмэни холкутук атаарыы бэлиэтэ.

КИРИЭС

Таҥара дьиэтин кириэһин оҥоруу — уһун үйэлэниигэ. Кириэһи көрдөххүнэ, ыарыһах үтүөрэн барыаҕа, онтон куһаҕан балаһыанньада тубэспит киһи быыһанар суолу булуоҕа.

КИРИЛИЭС

Кирилиэһинэн таннары туһуу — мөлтөөһуннэ, ыарыыга. Нэһиилэ өрө тахсыы — эрэйдэнэн ситиһии, үтүөруу бэлиэтэ. Алдьаммыт кирилиэс көстуутэ, баҕа санаа, ситиһии кыайан оноһуллубатын бэлиэтэ, туох эмэ мэһэй көстуөҕэ эбэтэр кыах тиийиэ суоҕа; кирилиэһинэн дабайыы кыайтарбатаҕына эбэтэр үөһэ ыстанан кыайан ыттыбатаххына, баҕа санаан ситэ туолбатын бэлиэтэ.

КИһИ

Куһаҕан киһини көрдөххө — үлэ-хамнас атахтанар; ыраах сылдьар киһини көрдөххө — сурах кэлиэ; тыыннаах киһи өлө сытара көһуннэҕинэ, бу киһи уһун үйэлээх буолуон сөп; түүлгэ хайа эмэ киһи нэһиилэ көстөр буоллаҕына, ол киһи өйунэн ыалдьыан сөп эбэтэр эйигин албынныырга сананар. Нуучча киһитин ыраахтан көрдөххүнэ, кыратык ыарытыйаҕын, онтон кэккэлэстэҕинэ уонна кэпсэттэҕинэ улаханнык ыалҕьыаххын сөп.

КИһИ УҤУОҔА

Көрдөххө, ыарахан санаалар киирэллэр. Урукку дьоннор көмүллүбүт сирдэрин көрдөххө табаарыскын эбэтэр аймаххын көрсүөххун сөп.

КИЭҤ КУЙААР

Ыраах айаннаары гыммыт киһи киэҥ куйаары көрөр.

КИЭРГЭЛ

Түүлгэр киэргэл, симэх кэппит буоллаххына, бэйэҕин олус үрдүктүк сананар буолуоххун сөп; киэргэл бэлэх биэрэр буоллаххына, харчыгын элбэхтик туһата суохха туттаҕын.

КИЭРГЭНИИ

Түһээн киэргэммит, тупсубут киһини көрдөххүнэ, ыарытыйар киһи буолуоҕа; түүн түһээн киэргэннэххинэ, ким эрэ өлбутугэр хомойоҕун.

КӨҔҮС

Ким эмэ көхсун көрдөрөр буоллаҕына, ордук санааһын уонна күнүү баарын бэлиэтиир; сыгынньах көҕүһү көрүү — былааһы сутэрии бэлиэтэ.

КӨМӨ

Түһээтэххинэ ким эмэ көмөлөстөҕунэ — төттөру буолуо.

КӨМҮҮ

Түүлгэ киһини көмууну көрүү — куһаҕаҥҥа, өлүүгэ; бэйэҕин көмө сылдьалларын көрүү — уһун үйэлэниигэ; тыыннаах киһи өлбүтүн көмүүнү көрдөххүнэ, сыбаайбаҕа ынырыы кэлиэҕэ.

КӨРДҮҮР

Түүлгэ туоҕу эмэни көрдүүр буоллаххына, кэргэҥҥин көрсүөххүн баҕараргын көрдөрөр; онтон тугу эрэ сүтэрэн баран, көрдүүр буоллаххына үлэҕэр буолар мэһэйдэри кыайан быһаарбакка эрэйдэнэҕин.

КӨРСҮҺҮҮ

Түүлгэ дьахтары көрүстэххинэ, үлэ-хамнас атахтанар; эр киһини көрсүү — үлэ-хамнас тупсуутугар. Өлбут киһини көрүстэххинэ, ыарыы, мөлтөөһүн буолуоҕа эбэтэр кини ыҥырарыгар сөбүлэһэн барыстаххына улаханнык ыалдьыаххын сөп.

КӨТӨР

Түүлгэ көтөру өлөрдөххө — ночоот тахсыа, эрэй эбиллиэ; ытыалаатахха — куһаҕан быһыыттан кыайан босхоломмоккун: туттаххына — баҕа санаа туолуоҕа, барыс киириэҕэ.

КӨТӨХТӨРҮҮ

Түһээн ыран хаалбыт буоллаххына, туох эмэ сүтүк эбэтэр ночоот буолуон сөп.

КУОБАХ

Түһээн куобаҕы көрдөххүнэ — хаар түһүө эбэтэр мөлтөөн быһаарыыта суох буолан иһиини көрдөрөр; өлбут куобаҕы илдьэ сылдьыы, ыалдьаары гыннахха көстүөн сөп.

КУТТАЛ

Бэйэн куттаммыккын көрдөххүнэ — оһолго тубэһиэххин сөп: куттаммыт дьоннору көрүү — араас куһаҕаны көрүүгэ.

Тугу эмэ оҥоруоххун эбэтэр айанныыртан куттанар буоллаххына, билэр дьоннорун көмөлөспөккөлөр дьыалан табыллыа суоҕа; киһиттэн куттанар буоллаххына, бу киһиттэн сэрэхтээх буолуохха, кини тугу эмэни, сатала суоҕу оҥоруон сөп.

КУТУЙАХ

Кутуйах чыыбыргыыр буоллаҕына, эйигиттэн уоруохтарын баҕараллар.

КУТУРУК

Сүөһү кутуругун түүлгэ көрүү — куйаҕанна, санааҕа ылларыыга.

КУУЛ

Тэһэҕэстээх куулу көрдөххө — улахан ночоот тахсыа; толору куул — үөрүү, дьол буолуо; элбэх толору куулу көрдөххө — баай буолуон.

КҮЛ

Түһээн күлү көрдөххүнэ, санаа туһүүтэ, санаарҕабыл кэлиэ.

КҮЛҮК

Бэйэн күлүккүн көрдөххүнэ, сэрэнэ сылдьыахха наада: көннөру күлүгү көрдөххө, куттаныы эбэтэр уөруу, сүтүк буолуо.

КҮЛҮҮС

Күлүүс тылын буллаххына, барыс киириэ эбэтэр саҥа доҕор булунуон; кыыс күлүүс тылын буллаҕына, кэргэн тахсыа; алдьанан хаалбыт күлүүс тыла көһүннэҕинэ, доҕотторгуттан арахсыаххын сөп эбэтэр сүтүк тахсыаҕа; күлүүс тылын биэрдэхтэринэ, доҕотторун эрэнэллэрин итэҕэйэллэрин бэлиэтэ.

КҮН

Сырдык күн — бары үчүгэйгэ; киирэн эрэр күнү көрүү, уһун үйэлэниигэ, олох тупсан иһиитигэр.

КҮӨГҮ

Күөгүнү көрдөххүнэ, сэрэммэккэ албыннааһынна киирэн биэриэххин сөп; илиигэр ыллаххына, бэйэн олоххун бэйэн оностуоҕун.

КУӨЛ

Чуумпу, ыраас уулаах куөлу көрүү — санаа туолуутугар.

КУӨРЭГЭЙ

Ырыатын истин — баайга-дуолга.

КҮРДЬЭХ

Түүлгэ күрдьэх көстуутэ, уһун, сыралаах үлэҕин дьэ бутэрээри гыммыккын көрдөрөр.

КҮРҮӨ

Күрүөнү быыһынан киирии — эчэйиигэ, ыарыыга көстөр; күрүө көстүүтэ — хааччах, мэһэй бэлиэтэ.

КҮһҮН

Бириэмэтигэр буолбатах буоллаҕына — соһуччу көмө кэлиэ.

КЫАЙЫЫ

Түһээн туох эмэ кыайыыны ситистэххинэ, эйигин күүтэр, эрэнэр дьоннор баалларын көрдөрөр.

КЫМЫРДАҔАС

Таах хаамса сылдьар кымырдаҕастары көрдөххө, кыра, быстах дьыалаларгыт табыллыбаккалар сыыһа-халты буолуохтара.

КЫПТЫЫЙ

Кыптыыйы ылар дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төруөҕэ.

КЫРААСКА

Сана кырааскаламмыт киһи унуоҕун көрүү — киһи өлуутугэр; манан кыраасканан куруөну кырааскалаайын, билэр, убаастыыр киһин өлуутугэр көстөр.

КЫРБАНАР

Кими эмэ кырбыыры көрдөххүнэ, ким эмэ туһунан айына саныаҕын. Бэйэн кырбаннаххына, үчүгэй буолуу, тупсуу саҕаланыа.

кыьын түүлгэ кыһынны кэмнэ сылдьар буоллахха, мөлтөөһун кэмэ кэлиэҕэ, санаа туһуутэ саҕаланыа. Маннык түүл кэнниттэн бары дьыалаларга ситиһиини оҥорор уустук буолуоҕа.

КЫҺЫЛ

Дьахтар түһээн туох эмэ кыһыл дьуһуннээҕи көрдөҕунэ, бириэмэтэ кэлиэ.

КЫТАЛЫК

Ырыатын иһиттэххэ — өлуу буолуо.

КЫЫЛЛАР

Түүлгэр сымнаҕас майгылаах кыыллары көрдөххүнэ, үчүгэйдик билэр киһигин көрсүөҕун; кыра тыа кыылын тутар буоллаххына, кимниин эмэ этиһии буолуон сөп.

КЫЫС

Үчүгэй кыыһы көрдөххө — үөрүү буолуо; бииргэ сылдьар элбэх кыргыттары көрдөххө, баай эбиллэн иһиэҕэ.

КЫЫһЫРЫЫ

Түүлгэр кыыһырдаххына — уөруөҕук, санаак көтөҕүллүө.

КЭМПИЭТ

Түһээтэххинэ кэмпиэт биэрдэхтэринэ — бултуйуон; кэмпиэти көрдөххүнэ, үөрүүгэ-көтуугэ ынырыллыанч

КЭПСЭТИИ

Кыыллары кытта кэпсэтии — түбүк, үлэ-хамнас эбиллиитигэр; атын дьоннору кытта кэпсэтии — доҕотторун сөбүлүүллэр; тугу этэргин билбэт буоллаххына, мөлтүүр кэмнэр кэлэллэр.

КЭРГЭН

Түүлгэр кэргэнин көһуннэҕинэ, кинилиин тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ.

КЭРИИМ

Кэритэ сылдьар кийилэрин санатын иһиттэххинэ, сото- ру өлуу буолуо.

Туһээн кэйии ылар — үлэ-хамнас табыллыытыгар, барыс киириитигэр тиэрдэр.

КЭТЭҺИИ

Кими эмэ эбэтэр тугу эрэ кэтэһэрин түүлгэр кэлэр буоллаҕына — дьиннээҕэр кэлиэ суоҕа.

Л

ЛААМПА

Лаампаны уматан, уотун сырдатыы эбэтэр умайа турар лаампаны көрүү, үлэҕэр ситиһиини түстүүр; умайа турар остуол лаампатын умуруоруу, кими эмэ хомотууга эбэтэр санаарҕабылга көстөр.

М

МААСКА

Мааска кэппит дьону көрдөххүнэ, араас сымыйаччылары, ордук санааччылары кытта быһаарсыаҕын.

МАҔАһЫЫН

Ону-маны атыыластаххына, дьыалан табыллыа суоҕа; үчүгэйдик талан ыллаххына, кыратык барыс киириэн сөп.

МАННЬЫАТ

Түһээн үрүн көмус манньыаттары көрдөххө, соһуччу хомолто буолуо, харах уута тахсыан сөп; сиэдэрэй окгоһуу- лаах хрусталь манньыаттары көрүү кэнниттэн, туолбат баҕа санаалары умнар ордук буолуоҕа.

МАЛИНА

Көрдөххүнэ, дьыалаларгын мөлтөхтүк тутаҥҥын кутталга, ночоокко киирээри гыммыккын.

МАС

Уокка оттор маһы дьиэҕэ кыстааһын, тыл-тылга киирсибэт буолууга көстөр. Түүлгэ мас сыыһа илиигэ дуу, атахха дуу хатаннаҕына, ол сиринэн сотору ыалдьыаҕа; уокка оттор маһы хайытыы, үлэ-хамнас тупсан иһэрин көрдөрөр.

МАССЫЫНА

Массыына фаратын уота кэллэҕинэ, улахан суолтата суох сурах кэлиэҕэ; массыына саахалланыытыгар тубэстэххинэ, кэлэн иһэр дьыалаларын соччо табыллыахтара суоҕа эбэтэр туох эмэ уларыйыы буолуоҕа; бэйэн ыыта сылдьар буоллаххына, туох эмэ саахал тахсыа эбэтэр ыалдьыы буолуо; түүлгэ массыынанан илэ кэлэр киһи уһун үйэтэ суох буолуо; олорсон айаннаан иһии — үлэ- хамнас үчүгэйдик баран иһэрин бэлиэтэ; кыттыгас бииргэ айаннаайын — өйдөһөр, биир санаалаах дьоннор бииргэ айанныыллар. Массыына тыаһа кэллэҕинэ, сурах дуу, сурук дуу кэлиэҕэ; көрдөххүнэ, ханна эрэ барыаххын саныыгын; тустэххинэ, былааннарын туоланнар санаан дуоһуйуута буолуо. Түүлгэр массыынан сутэн хааллаҕына, инники баҕа санааларын туолалларыгар мэһэйдэр көрсүөхтэрэ. Массыына абаарыйатыгар түбэһэн баран, этэннэ буоллаххына, үлэҕэ-хамнаска уларыйыы тахсыаҕа; массыынанан олус тургэнник айаннаатаххына, кутталлаах, кыайтарбат дьыаланы оностоору гыммыккын көрдөрөр.

МИИН

Түһээн эт миинин көрдөххүнэ, үчүгэй сонуннары истиэҕин эбэтэр наадалаах кэмнэр доҕотторун көмөлөһуөхтэрин сөп.

МИЛИЦИОНЕР

Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалаҕын ситиһиэн.

МИЭБЭЛ

Эргэ миэбэли дьиэттэн таһаарыы, билэр аймах киһин куһаҕан буоларын бэлиэтэ.

МООЙ

Моонньун синньигэс буоллаҕына, доруобуйан мөлтөҕун бэлиэтэ.

МОТОЦИКЛ

Быһаарыыта көрүҥүттэн тутулуктанар, кыра бырааттарын сурдэрэ.

МОЛЬ

Моль таҥаска эбэтэр көбуөргэ сылдьар буоллаҕына, эбиискэ иитиллээччи баар буолуоҕа.

МУОРА

Түүлгэ сырдык, үчүгэй, чуумпу муораҕа холкутук харбааһын доруобай буолууга, баҕа санаа туолуутугар көстөр.

МУОС

Түһээн сүөһу дуу, таба дуу муоһун көрөр, тапталлааҕын атын киһини кытта барсан эрэрин көрдөрөр.

МУОСТА

Сана линолөум муостаны оҥоруу, үлэһит киһи соһуччу быһылаанна тубэһиитигэр көстөр. Муостаны туорааһын — кыра мэһэйдэри туорааһын.

МУРУН

Түһээн муруну көрдөххүнэ, ханнык эрэ наадалаах дьыаланы кыайан быһаарбакка эрэйданэҕин.

МУУС

Муус устун этэнчгэ хаамтаххына, туһалаах үлэни оҥоро сылдьарын бэлиэтэ. Элбэх муус чөмөхтөрун көрдөххүнэ, туһата суох үлэлэр элбииллэр, албын, туолбат баҕа санаалар киирэллэр.

МӨҺӨӨЧЧҮК

Харчы угар мөһөөччук кураанах буоллаҕына, харчы кэлиэ, санаа көнүүтэ буолуо; толору мөһөөччук — аһыы- аба, дьадайыы бэлиэтэ.

МЭКЧИРГЭ

Дьиэ таһыгар туһэн олорор буоллаҕына, кыыс оҕо эргэ барар, кутуөт кэлэр. Түүлгэ мэкчиргэ хаһыыта, туох эмэ куһаҕан быһыы буолаары эбэтэр сурах кэлээри гыннаҕына иһиллэр.

МЭЭРЭЙ

Миэтэрэнэн тугу эмэ мээрэйдиир — кутурҕаҥҥа.

МЭЭЧИК

Мээчигинэн оонньуур буоллаххына, баайыҥ эбиллиэ.

О

ОБУОЙ

Сибэкки ойуулаах обуойдаах хоско сылдьыы, уһун кэмнээх санаа туһуутугэр көстөр.

ОҔО

Кыһыл оҕону көтөхтөххүнэ — ыарыы арахпат.

ОҔОННЬОР

Түүлгэр оҕонньор көһүннэҕинэ, ханнык эрэ дьыалаҕар санаа туйуутэ саҕаланыа.

ОҔУРУО

Дьахтарга оҕуруо бэлэхтиир буоллахтарына, дьиэтигэр- уотугар табыллыа; сутэрии — улахан туох эмэ сутуөҕэ; кэтэ сырыттахха — көмускэл уонна көмө көстуөҕэ; оҕуруо тиһиитэ, санаа туһуутугэр, дьадайыыга көстөр.

ОҔУС

0ҕус — дьыл сүрэ; оҕуһу көрдөххүнэ, дьылы туорааһын бэлиэтэ. Атыыр оҕус кэйэр буоллаҕына — ыарыы булуо.

ОЙБОН

Ойбону көрдөххүнэ — улахан куттал суойуур.

ОЛБУОР

Олбуору көрүү, үлэҕэ-хамнаска улахан мэйэйдэр баал- ларын көрдөрөр.

ОЛОППОС

Олоппоско олорон эрэ “Лаппа үчүгэйдик олоробун” дни санаатаххына, сотору ким эрэ албыныгар киирэн биэриэн.

ОСКУОЛА

Түүлгэ оскуолаҕа сылдьар буоллаххына, үлэн-хамнаһын ханнык эмэ көрунэр уөрэҕин тиийбэт буолуоҕа.

ОСТУОЛ

Түүлгэ дьиэ иһигэр остуол атаҕа тойунназына, туох эмэ быһылаан буолуон эбэтэр өйдөспөт буолуу тахсыан сөп.

Остуолу хомуйа сырыттахха, барыс киириэхтээҕэ табыл- лыбат эбэтэр чуумпу олоҕун санаарҕабылынан солбуллуо; кураанах остуол — тиийиммэт буолуу, дьадайыы бэлиэтэ; астаах остуолу тардыы — малы-салы булуу, бырааһынньык кэлэн ийэр.

ООҔУЙ ОҔУС

Көрдөххүнэ, үлэ-хамнас туруга үчүгэй буолуо; илимин тарда сылдьар буоллаҕына, дьиэ-уот туруга үчүгэйин бэлиэтэ.

ОРОН

Билбэт хоскор танастаах оронно сытар буоллаххына, доҕотторун кэлэ сылдьыахтара; хомуллубут орону көрдөххүнэ, эйиэхэ көмөлөйуөн баҕарар доҕордооххун. Оронтон утуйан туруу, ыарыыттан үтүөрэн барыыга көстөр.

ОРОСПУОННЬУК

Ороспуонньуктар илиилэригэр тубэйии улахан ночоокко көстөр.

ОҺОХ

Оһох үчүгэйдик, суостаахтык умайар буоллаҕына, тапталлааххын кытта олус тапсыаҕыҥ: куйаҕаннык буруолаан умайар оһох көһуннэҕинэ, таптыыр киһин аанньа ахтыбаттык сыйыаннайыа. Сууллан түһэр оһох — ночоот тахсарыгар көстөр.

ОТ

Түһээн оту мунньар эбэтэр кэбийэр — үчүгэйгэ, байыыга; кэбийиилээх оту көрүү — байыыга, санаа туолуутугар; куөх оту көрүү — дьолго; охсуллубут оту көрдөххө, мөлтөөйун, ыалдьдоы буолуо.

ОТОН

Отону хомуйуу эбэтэр сиэһин — ыарыыга; көрдөххө — санаарҕабыл, харах уута кэлиэҕэ.

ОХ САА

Түһээн оҕу көрдөххүнэ, уол оҕо төрүөҕэ; ох саа тоһуннаҕына — өлуу буолуо.

ОХСУһАР

Охсуһар, дьону куттуур — куһаҕанна, дэҥҥэ-оһолго. Охсуһан абааһыны кыайдахха, ситиһии буолуо эбэтэр ыарыыттан үтүөрүү саҕаланыа.

ОХСУУ

Охсуулартан кыайан көмускэннэххинэ, дьоннору кытта сыйыанчгар уонна үлэҕэр элбэх үчүгэйи ситийиэҕин. Бэйэҕин охсуолуур эбэтэр тэбиэлиир буоллахтарына, ыалдьыаххын эбэтэр ночоокко туйуөххун сөп. Түһээн кими эмэ сутуруккунан охсуолаатаххына, этийии, хардары-таары буруйдаһыы буолуо.

Ө

ӨЛБУТ

Өлбут киһини ыраахтан көрдөххө, халлаан көнөр эбэтэр былыт кэлэр; чугастан чуолкайдык көрдөххө — ардах эбэтэр хаар түһүө; түүлгэ өлбут киһини ахтыы буоллаҕына, бырахтым дуу дии саныыр дьарыккар төннүөххун сөн; өлбут бырааккын кытта кэпсэтии, ким эрэ эн көмөҕөр олус наадыйарын көрдөрөр. Түүлгэ өлбут киһи көруҥэ ол киһи аймахтара хайдах сылдьалларыттан тутулуктаах.

Билэр өлбут киһиҥ үчүгэй көрүҥнээх көһүннэҕинэ, аймахтара үчүгэйдик сылдьыахтара.

ӨЛӨРҮҮ

Саба түһэр куһаҕан киһини эбэтэр кыылы өлөрдөххүнэ, үлэн-хамнаһыҥ дьыалалара табыллан барыахтара. Кыыллары өлөрдөххө, санаарҕабыл буолуо.

ӨРУС

Сүүрүктээх өрүскэ харбаатаххына, үлэҕинэн, дьулуургунан кыайыыны ситийнэҕин; кураанах өрүс оннун көрдөххүнэ, булбутун-талбытын симэлийэн суох буолан иһиэҕэ; өрус илдьэ бардаҕына, улахан ночоот эбэтэр сутук буолуоҕа.

ӨТӨХ

Эргэ өтөххө киирии — ыарыыга.

ӨТУЙЭ

Yлэҕэ ситиһии бэлиэтэ.

П

ПЕДАЛЬ

Түһээн ханнык эмэ техника педалын үктээтэххинэ, билэр киһигэр көмөлөйуөххун наада.

ПИИБЭ

Пиибэни иһэр буоллаххына, үлэн табыллыбатыттан уонна кыайтарбатыттан санаарҕыаҕыҥ; дьон пиибэ иһэрин көрдөххүнэ, сөбүлээбэт дьонун мэһэйдэһэннэр үлэҕин атахтыахтара.

ПЛЯЖ

Түүлгэ кумахтаах сөтүөлүүр сир көстүүтэ, киһи быстахтан дуоһуйуутун уонна сүрэҕэ суох буолуутун көрдөрөр.

ПОЧТА

Түһээн почта кэлэрин көрдөххүнэ, куһаҕан сонуну истиэҕин.

ПОЧТАЛЬОН

Почтальону көрдөххүнэ, сотору кэминэн бэйэн сөбүлээбэт, барыһа суох үлэни ылыныаххын сөп.

Р

РЕСТОРАН

Түүлгэр рөстораҥҥа аһаатаххына, ситиһии буолуо эбэтэр сана доҕоттор көстуөхтэрэ.

РЮКЗАК

Түһээн рюкзагы көрдөххүнэ, атын сиргэ тиийэн улаханнык үөрүөҕүн.

С

САА

Түһээн сааны көрдөххүнэ — уол оҕо төруөҕэ; сааны илдьэ сырыттахха — көмүскэл уонна көмө көстүөҕэ: саа тыаһын иһиттэххинэ, улахан сонуну истиэҕин; саанан ытыы — улахан үөрүү, сүтүк буолуо.

СААХ

Сүөһу сааҕын көрүү — баайга, дьолго; киһи сааҕын көрдөххө — хомолто, араас мэһэйдэр; саахха түһэр, сыбанар — барыс киириитигэр.

САҔЫННЬАХ

Көрдөххүнэ, оҥороору гынар дьыалан туох да туһата суох хаалыа.

САЛААСКА

Таһаҕастаах салаасканы состоххуна — барыс киириэ.

САЛЛААТ

Парадтаан иһэр эбэтэр үөрэххэ сылдьар саллааттары көрдөххүнэ, баҕара саныыргын ситиһиэҕин.

САМОЛЕТ

Самолөт көтөн кэллэҕинэ, үчүгэй сонуну истиэҕин.

САҤА

Ким эмэ ынырар санатын иһиттэххэ, ол киһи ыалдьыан сөп; түһээн соһуччу санарбат буолан хааллахха, үлэни-хамнаһы кыайбат буолуу, дьадайыы кэлиэҕэ; өлбут киһи санатын иһиттэххэ, бэйэн ыалдьа сылдьар буолуоххун сөп эбэтэр куһаҕан быһыы буолуоҕа. Түүлгэ хардьыгынас саҥаны эбэтэр итирик киһи санатын иһиттэххинэ, туох эмэ куһаҕан быһыы буолуон сөп.

САП

Сабы түһээн көрөр — ыар санааларга.

САППЫКЫ

Эрэһиинэ саппыкыны кэттэххинэ эбэтэр кэтэ сылдьар буоллаххына, тымныйан ыалдьыаххын сөп.

САХСЫРҔА

Түһээтэххинэ, сахсырҕа арахпат буоллаҕына, ордук саныыр дьоннор эккирэтиһэллэрин бэлиэтэ.

СИБИИННЬЭ

Мөлтөх быһыы, хом түһүү бэлиэтэ.

СИЛЛИИР

Кыра соҕус ороскуоттар тахсыахтарын сөп.

СИППИИР

Түһээн бөҕу сиппийии, эн тускунан дьон санаата, тыла-өһө төһө мунньуллан эрэрин көрдөрөр; сиппиири көрүү — дьиэ иһигэр өйдөспөт буолуу бэлиэтэ.

СИР АһА

Сир аһын хомуйуу — хомолтоҕо, ыарыыга.

СИРЭЙ

Ыраас, үөрбут-көппут сирэй — үчүгэйгэ, үөрүүгэ көстөр; кыыһырбыт, куһаҕан көруннээх сирэй көһүннэҕинэ, көрунун курдук быһыылар буолуохтарын сөп.

СИТИҺИИ

Түһээн туох эмэ үлэҕэ ситиһиини, кыайыыны оҥордоххуна, ол ситиһиигэр сөп түбэһэр ситиһиини илэтигэр оҥоруоҕун.

СИЭП

Сиэпкэ тугу эмэни уктахха, сүтүк дуу, ночоот дуу буолуо.

СИЭРКИЛЭ

Сиэркилэҕэ көрүнүү — доруобай киһиэхэ ыарыыны, онтон ыарыһахха өссө мөлтөөһүнү түстүүр.

СОЛОМО

Көһүннэҕинэ — уоруйахтан сэрэниэххэ.

СОН

Атын киһи сонун кэппит буоллаххына, билэр эрэллээх доҕотторун көмөлөрө наада буолуоҕа; үчүгэй сонноох буоллаххына, хайҕал, ытыктабыл кэлиэҕэ; сана сону кэттэххинэ, үөскээбит балаһыанньаны таба туһаныаххын сөп. Соннун устан кэбистэххинэ, кыра быстах куттал суоһуурун бэлиэтэ.

СОНУН

Түһээн сонуну иһиттэххэ — кырдьык буолуо.

СӨТҮӨ

Ыраас ууга сөтүөлээтэххинэ, дьулуурдаах, кыахтаах буолуон.

СУЛУС

Халлаанна сулустары көрүү, олоҕун сыалын ситиһиигэ туруммуккун көрдөрөр, сыалгын кэнники ситиһиэҕин.

СУНДУУК

Толору маллаах сундуугу көрдөххө — баай буолуон; кураанах сундуук — дьадайыы бэлиэтэ.

СУОЛ

Ыллык суолу сүтэрэн баран, көрдуу сылдьар буоллаххына, чугастааҕы кэмнэ бутэрээри сылдьар үлэн соһуччу атахтаныа.

Көнө, оноһуулаах суол устун массыынанан айаннаан иһэр буоллаххына, сотору кэминэн үөрүү, ситиһии буолуо эбэтэр көмө кэлиэҕэ.

СУОРҔАН

Суорҕанынан сапта сытар киһиэхэ көмөлөһүү, тирэх буолуу наада буолар.

СУРУК

Сурук кэллэҕинэ, кэтэспит киһигиттэн үчүгэй сонун кэлиэ.

СУРУНААЛ

Түүлгэ сурунаал көстүүтэ, дьиэн иһигэр кэлэн иһэр уларыйыыылары, миэбэл атыылаһыыны дуу, өрөмуөн буоларын дуу түстүүр.

СУУЛЛУУ

Түүлгэ сууллан тустэххэ — ночоот буолуо; бэйэтэ кыаммакка сууллан туһэр киһи — мөлтөөбут киһи; сууллан баран өруһунэн тура тустэххэ, өр күүппут ситиһиин — дьэ кэлиэҕэ.

СУУМКА

Аһаҕас суумка көһүннэҕинэ, кыра сутук эбэтэр уоруу буолуо.

СУУНУУ

Тааска суунуу буоллаҕына, тугу эрэ толоруох буолбуккуттан босхолонуу бэлиэтэ; туһээн сууна тураргын көрдөххунэ, бэйэн олоххор элбэх тапталлаахтаргынан киэн туттуоҕуҥ.

СҮГЭ

Түүлгэ сүгэни көрдөххүнэ, сөпсөспөт быһыы, иирсээн буоларын бэлиэтэ; бэйэн сүгэлээх буоллаххына, олоххун бэйэн эрэ кыаххынан оҥостуоҥ; дьон сугэлээхтэрин көрдөххүнэ, доҕотторгун кытта үйэн тухары бииргэ сылдьыаҕыҥ.

СҮҮЙҮҮ

Туохха эрэ сүүйбүт сүүйүүгун ааҕар тугу туттаргын толкуйдуур буоллаххына, улахан ночоокко, ороскуокка түһүөххун сөп.

СҮӨГЭЙ

Сүөгэй иирдэр — үчүгэйгэ, баайга.

СҮӨҺҮ

Күөх хонууга мэччийэ сылдьар сүөһүлэри көрдөххө — баай-дуол эбиллиэҕэ; элбэх сүөһүнү көрүү —— ардах, хаар бэлиэтэ.

СҮТҮҮ

Туһээтэххэ туох эмэ сүттэҕинэ, үлэҕэ-хамнаска соһуччу мэһэй көрсуөн сөп.

СҮҮРҮ

Түүлгэр соҕотоҕун сүүрдэххинэ — талыллыбыт ыйааҕыҥ бэлиэтэ, үөһээ билии диэки ыттан баран иһиэҕин; атын дьону кытта сүүрдэххинэ, сотору дьыалан көнөн барыа, онтон сүүрэн куоттаххына — үлэҕэр үөһээ тахсыан. Түһээн түргэнник сүүрдэххинэ, үлэ-түбүк элбиэҕэ эбэтэр күүс-уох эбиллиэҕэ.

СҮҮТҮК

Түүлгэ сүүтүгү сүтэрэн кэбиһии, санаарҕабыл уонна тиийиммэт буолуу бэлиэтэ.

СЫБАХ

Сана сыбаҕы сыбааһын — мөлтөөһүҥҥэ, ыарыыга.

СЫГЫННЬАХ

Эмискэ сыгынньах сылдьар буолан хаалан баран кыбыһыннаххына, уоскуйуу кэлиэҕэ, өр санаарҕыы сылдьыбытын суох буолуо; бэйэн сыгынньаххын көрүү — дьадайыы, ыалдьыы бэлиэтэ; билбэт киһиҥ сыгынньаҕын көрүү — соһуйууга. Түүлгэр сыгынньах дьахтары көрдөххүнэ, бэйэн баҕа санааларыҥ туолуохтара суоҕа.

СЫМЫЫТ

Сиикэй сымыыты алҕас алдьаттаххына, дьиэлээхтэргин кытта этиһии, өйдөспөт буолуу кэлиэҕэ.

СЫЫҤК

Көһуннэҕинэ, сымыйа тыл-ас тарҕаныа; ким эрэ сирэйгэр сыыҥын бистэҕинэ, урукку иэстээх киһиҥ улаханнык сөбүлээбэт буола-буола иэһин төннөрүө эрээри‚ ким эмэ көмөтүнэн биэриэҕэ.

СЫЫР

Түүлгэ сыыр үрдүгэр тахсыы — ситиһии бэлиэтэ.

СЫТАР

Түүлгэ кэргэҥҥинээн бииргэ сытар буоллахха, соһуччу туох эмэ түбэлтэ буолан, быстах аймалҕан тахсан ааһыаҕа; түһээн сытыы — мөлтөөһун, сылайыы бэлиэтэ.

Т

ТИИТ

Күөх, үүнэн турар тииттэр — үөрүү, дьол бэлиэлэрэ; улахан тииккэ ыттыы — ситиһии, кыайыы бэлиэтэ; тыаҕа тиит охтор буоллаҕына, хомолто, куһаҕан быһыы буолуо; кураанах, хаппыт тииттэри көрдөххэ, эрэй, үлэ эбиллиэ. Дьиэ таьыгар тиит охтон сытара көстөрө — куһаҕанна. Түүлгэр тиити охтордоххуна, омуннураҥҥын аһара түһүөлээн бэйэҕэр куһаҕаны оҥостуон.

ТИМИР

Тимиртэн оҥоһуктары көрдөххүнэ, үлэн-хамнаһын сыаналаныа.

ТИМИРИИ

Ким эмэ тимирэрин көрдөххө — үөрүү буолуо.

ТОБУК

Тобукка баас таҕыстаҕына, үлэҕэ сыһыан мөлтүөҕэ.

ТОҔУУ

Тугу эмэ тохтоххуна — этиһии буолуо.

ТОЙОН

Түүлгэр билэр киһин тойон буолбут буоллаҕына, кырдьык, сотору кэминэн үлэтигэр өрө тахсыаҕа.

ТОҔОҺО

Тоһоҕону саайыы, таба быһаарыыны булбутун бэлиэтэ.

ТӨБӨ

Киһи төбөтө өрускэ устан барара көһүннэҕинэ — өлуу буолуо; быстыбыт төбөну тута сылдьар буоллаххына, сөптөөх этиини ылыммакка дыалаларыҥ сүгүн табыллыбакка эрэйдиэхтэрэ.

ТӨҤҮРГЭС

Төҥүргэһи түөрүү — эрэйтэн босхолонуу бэлиэтэ; түһээн улахан төҥүргэһи көрдөххө, иннигэр тумнуллубат улахан мэһэй баарын бэлиэтэ

ТӨРӨППҮТТЭР

Түүлгэ тыыннаах төрөппүттэр үчүгэй көрүҥнээх көстүүлэрэ, үөрүүну, үчүгэйи түстүүр; өлбут төрөппуттэр көстүүлэрэ эйиэхэ сэрэтии буолуохтаах, санаарҕаабыт, мөлтөх көрүннээх буоллахтарына, хомолтолоох быһыы буолуо.

ТУМАН

Түһээн тумаҥҥа мунан хааллаххына, үлэҕэр сыыһа-халты туттуллар улахан ночоокко түһэриэхтэрэ.

ТУОРАТЫЫ

Түүлгэр эйигин туоратар, аахайбат буоллахтарына, доҕотторгуттан арахсыаххын эбэтэр туох да күттүөннээҕи оҥорбоккуттан санаарҕыыргар.

ТУРААХ

Тураах маска олорор буоллаҕына, куһаҕан сонун кэлиэ; көтө сылдьар уонна дааҕыргыыр буоллаҕына, куһаҕан быһыы буолуоҕа эбэтэр ким эрэ өлуөҕэ.

ТУСТУУ

Түүлгэ тустан хоттордоххо — ыарыы булуо; тустан кыайдаххына — үчүгэй буолуон, утуөруөн.

ТУТУУ

Сана дьиэни туттуу, оностуу — куһаҕаҥҥа, өлүүгэ.

ТУУС

Түүлгэ тууһу сиэһин буоллаҕына, бэйэн сатаабаккыттан ыарахан кэмнэр кэлэллэрин оҥостуон.

ТҮМҮК

Түһээн быа тумуктэрин баайдаххына, бэйэн дьыалаларгын бэйэн быһаараргын сөбүлүүгүн.

ТҮННҮК

Түннүгүнэн киирии — туох эрэ чиэһинэйэ суох быһыыны оҥорууга кыттыһыы. Түннүгүнэн көрдөххүнэ, сонуннары истиэҕиҥ.

ТЫА

Түүлгэ үчүгэй көруннээх куөх тыа, үлэ-хамнас үчүгэйдик баран иһэрин көрдөрөр; куурбут-хаппыт тыа — мөлтөөн эрэр үлэни бэлиэтиир.

ТЫАЛ

Чуумпу сылаас тыал — санаа табыллыытыгар: куустээх тыал тустэҕинэ — үлэ-хамнас атахтанар.

ТЫАС

Араас тыаһы истии — тыл сүрэ. Түүлгэ саа тыаһа иһилиннэҕинэ, кэтэһэр сонуҥҥун истиэҕин.

ТЫЙМЫЫТ

Тыймыыты көрүү — өстөөхтөртөн атаҕастанарга. Тыймыыты өлөрүү — сотору дьыала көнөрүгэр. Тыймыыты куоттарыы — таптал сатамматыгар. Тыймыыт ытырара — таптыыр киһин таҥнарарыгар.

ТЫЛ

Түүлгэр айаҕын иһигэр тылын улаатан хаалбыт буоллаҕына, элбэх саҥаҕынан дьону эрэйдиэҕиҥ.

ТЫЫ

Түүлгэ тыынан устан кытыыга этэҥҥэ тигистэххинэ, олоҕуҥ эрэллээх, ситиһиилээх буолуо; тыыга иккиэ буоллаххытына, эйэлээх кэргэнниилэр буолуоххут.

У

УЙА

Уйатыгар олорор көтөру көрдөххө — үөруу буолуо; көтөр уйатын алдьаттахха, дьиэҕэр аймалҕан кэтэһэр.

УЛЛУҤАХ

Саппыкы эбэтэр бачыҥка уллуҥаҕа көһүннэҕинэ, барыга-бары сэрэхтээхтик сыһыаннаһа сылдьыахха.

УМУһАХ

Киһи умуһаҕын хаһа сылдьар буоллаххына, тиийиммэттик, кыараҕастык олороруҥ бэлиэтэ; хаһыллыбыт киһи умуһаҕын көрдөххө, аймаҕыҥ эбэтэр билэр киһин куһаҕан буолуоҕа эбэтэр эрэй‚ санаарҕабыл кэлиэҕэ.

УҤУУ

Туһээн уҥан хааллаххына, өр күүппүт куттанар санааларгыттан дьэ босхолонуоҕуҥ эбэтэр чугас аймахтаргыттан ким эмэ ыалдьыаҕа эбэтэр куһаҕан сонуннары истиэххин сөп.

УРУЙ

Уруйдааһын, айхаллааһын буоллаҕына, ночоот буолуо.

УСТУУ

Туох эмэ кыра тэрилинэн устар буоллаххына, баҕа санааҕын толороргор кыаҕыҥ тиийбэт буолан хомойоҕун. Чуумпу уунан устуу‚ эйэлээх, холку олоҕу түстүүр.

УҺАНЫЫ

Уһанар дьиэ — дьоллоох дьиэ; уһанар тэриллэри көрдөххэ, түбүктээх үлэ көстүө.

УТАТЫЫ

Утатаҥҥын, утаххын ыраас уунан ханнардаххына —— дуоһуйуу буолуо.

УТУЙУУ

Түүлгэ утуйуу — мөлтөөйун, ыалдьыы бэлиэтэ.

УУ

Түүлгэ ууну көрдөххө —— былыттаах күн үүнүө; уу суох буолуута көһуннэҕинэ, ыраас күннэр буолуохтара. Эргийэ турар ууга түстүт киһи көһуннэҕинэ, өйдөспөт буолууттан дьыалаларын мөлтүөхтэрин, эн тускунан саарбахтык этиэхтэрин сөп; сүүруктээх ууга турдаххына эбэтэр сөтүөлээтэххинэ — доруобай буолуоҥ; уста турар ууну туораан таҕыстаххына — санааҕын ситиһиэн. Ыраас, сүүрүктээх ууну көрдөххүнэ, кэлэн иһэр кэмин эрэллээх, дьоллоох буолуо; дьалкытан ууну тохтоххо, санаа түһүүтэ, хос-хос үлэлэр буолуохтара. Түүлгэ уу суох сириттэн тохтор буоллаҕына, туох эмэ куһаҕан быһыы эбэтэр өлүү буолуоҕа; тымныы ууну истэххинэ, өй-санаа уоскуйуута кэлиэ, доруобай буолуоҕуҥ; түүлгэ ууну кэһии — ардах, хаар бэлиэтэ.

УОЙУУ

Уойбут-топпут, тупсубут киһи — ыарыһах киһи.

УОЛ

Түһээн кыра уолу көрдөххунэ — кэмсинэҕин.

УОРУЙАХ

Түүлгэр эйигиттэн уорбут буоллахтарына, соһуччу сонуннары истиэҕин; бэйэҥ уоруйах буоллаххына, сөбүлээбэт дьыалаҕын оҥорору гынаҕын.

УОТ

Улахан уот умайыыта — күүстээх тыл-өс тарҕаныыта; уоту умуруоруу — тыл-өс мөлтөөһунэ, хаптайыыта.

УОТТАР

Халлааҥҥа көтө сылдьар уоттары ким эрэ ытыалаан суулларан туһэрэрин көрдөххө, иннигэр көһүтэр дьиксиниилээх түгэннэри аһарыаҕыҥ.

Ү

Түүлгэр үнкүү тыла эттэххинэ, чугас аймахтаргыттан өлүү—сүтүү тахсыа; үнкүү — киһи өлүүтүгэр.

ҮЛЭ

Түһээн үлэҕэр үлэлии сылдьар буоллаххына, тэрилтэн үлэтэ-хамнаһа атахтанарын бэлиэтэ эбэтэр сурэҕиҥ үлэтэ мөлтүөҕэ.

ҮРҮТ

Үрүтү көрдөххө — сэрэхтээх буолуохха наада; дьиэ үрдэ сууллуута — улахан кутталга көстөр бэлиэ.

ҮРҮҮМКЭ

Толору үрүүмкэни көрдөххүнэ, барыс киириэ эбэтэр санааҥ туолуо; кураанах уруумкэ — ночоот дуу, сүтүк дуу буолуо; үрүүмкэ алдьаныыта — үөрүүгэ; улахан курустал үрүүмкэ көстүүтэ, аатын киэҥиик тарҕанарын бэлиэтэ.

ҮТҮЛҮК

Түүлгэ үтүлүк кэтэрдэ сатааһын, тугу эмэ ситиһэргэ үөрэтии бэлиэтэ; кэтэ сылдьар буоллаххына, дьулуурдаах буолаҥҥын баҕа санааҕын ситиһиэҕиҥ.

ҮҮНЭЭЙИ

Дьиэҥ таһыгар күөх үүнээйи эбэтэр мастар үүнэн тураллара, эйиэхэ билиини-көрүүнү, баай-талым олоҕу түстүүр. Ханнык эрэ күөх үүнээйини көрдөххүнэ, түбүктээх үлэ кэнниттэн дуоһуйуу кэлиэҕэ.

ҮӨН

Ытыскар үөн тахсыбыт буоллаҕына — байан барыан.

ҮӨР

Үөр саҥатын истии —— сонуҥҥа.

ҮӨРҮҮ

Түүлгэр күлэн—салан үөрдэххинэ — хомолто кэлиэ; үөрдүм дии санаатаххына, үлэн-хамнаһыҥ сыаналаныа.

ҮӨРЭНИИ

Түһээн үөрэнэ сылдьар буоллаххына, эн чугас истиҥ доҕоттордооххун.

Х

ХААЙЫЫ

Түһээн хаайыыга олорор дьону көрдөххө, эн бэйэҥ итэҕэйэр дьоҥҥор ылыахтаах бырааптарын биэрэргэ дьулуһаҕын. Хаайыыга киирэртэн быыһаныы буолуута, барыс киирэр үлэтигэр кыттыһаргын көрдөрөр.

ХААЛТЫС

Хаалтыс бааммыккын көрдөххүна, үлэ-хамнас табыллыбакка тыл-тылга киирсибэт буолуу кэлиэҕэ.

ХААМЫЫ

Сөбүлүүр сириҥ устун сатыы хаамыы, дуоһуйууну, уоскуйууну түстүүр; хараҥа тыа, хараҥа хонуу устун хаамыы, эрэй, үлэ элбииригэр.

ХААН

Түүлгэ хааны көрдөххүнэ, хаан аймахтарын кэлэллэр; илииҥ хааннаах буоллаҕына, ханнык эрэ куттал суоһуурун, сэрэнэ сылдьар наадалааҕын өйдөтөр.

ХААРТЫ

Хаарты оонньооччулары көрдөххө, хомойуу, албыннатан ночоокко түһүү буолуон сөп.

ХААРТЫСКА

Түүлгэ хаартыска көһүннэҕинэ, урукку доҕотторгун кытта көрсуһэн ааспыты ахта санааһын буолуоҕа.

ХААһЫ

Түһэан хааһы сиэбит киһи — санаата туолбат.

ХААТЫҤКА

Түүлгэ хаатынка көһүннэҕинэ, чугас киһигин кытта эн буруйгунан тахсыбыт иирсээн этэҥҥэ ааһыаҕа.

ХАЙА

Хайаны дабайан тахсыы — ситиһиигэ, дьылы этэҥҥэ туорааһыҥҥа; хайа үрдүгэр сылдьыы —— санаа көтөҕүллүүтүгэр, туолуутугар.

ХАЛААТ

Халаат кэттэххэ, өтөр үтүөрбэт ыарыы булуоҕа.

ХАЛЛААН

Түүлгэ халлаанынан көтө сылдьыы — ситиһиигэ, санаа туолуутугар; ыраас, сырдык халлааны көрүү — дьолго.

ХАПКААН

Көрдөххүнэ, барыта үчүгэй курдук эрээри, туох эрэ куттал баара чахчы.

ХАПТАһЫН

Хаптаһыны эрбээһин, уһаныы — киһи өлүүтүгэр.

ХАРАҤА

Бэйэҕин хараҥаҕа көрдөххүнэ — мөлтөөн-ахсаан барыаҕын; сырдыкка тахсан кэллэххинэ, иннигэр күүтэр ыарахаттары этэҥҥэ мүччү түһүөххүн сөп.

ХАРАХ УУТА

Харах уута ыгыллан тахсыыта, алдьархай кэлэн иһэрин бэлиэтэ.

ХАРЧЫ

Кылабачыгас тимир харчыны көрүү — харах уутугар; харчыны булуу —— байыыга; кумааҕы харчыны ааҕар —— барыска; түһээтэххинэ кумааҕы харчыны биэрдэхтэринэ, кырдьык, харчы кэлиэҕэ. Албын харчылар көһүннэхтэринэ, кыайыам дии санаабыт дьыалаҥ табыллыа суоҕа.

ХАһЫАТ

Хаһыаты ыллаххына — улахан сонуну истиэҕиҥ.

ХАҺЫЫ

Муодарҕатар, соһутар хаһыы — дьоҥҥуттан көмө кэлиэн сөп; тыаҕа кыыл хаһыытын иһиттэххэ, билэр киһин улаханнык эчэйиэн сөп эбэтэр туох эмэ быһылаанна түбэһиэ.

ХАТЫЙЫЫ

Хатыйыыттан оҕуннаххына үлэҕэр соһуччу мэһэй баар буолуо.

ХАТЫЫЛАР

Көрдөххүнэ, кыра, бытархай мөлтөх быһыылары көрсүөҕүҥ, олору эрдэ суох гымматаххына улаатан барыахтара.

ХОЛУОЧУК

Түһээн холуочуйбут курдук эбэтэр үөрэн чэпчээбит буоллаххына, кыра, быстах дьыалан табыллыаҕа эбэтэр үөрүү буолуоҕа.

ХОМУНУУ

Айаннаары малын хомунар киһи көстуутэ, арахсыы, тэйсии буолаары гыммытын көрдөрөр.

ХОМУС

Хомус эбэтэр чуораан тыаһын иһиттэххинэ, туох эмэ дьиктини истиэҕиҥ.

ХОНУУ

Түһээн күөх оттоох хонууну көрдөххө, барыс дуу, үөрүү дуу буолуоҕа; хара буор хонууну көрүү — ыар санааларга, дьадайыыга.

ХОРУОП

Түһээтэххинэ хоруоп көһүннэҕинэ, искэр куттана саныырыҥ туох да төрүөтэ суох буолуо.

ХОС

Түннүгэ да, аана да суох хоско хаайтардаххына, дьоннору кытта сибээһин мөлтүөҕэ, соҕотох сылдьарын элбиэҕэ.

ХОТУУР

Түүлгэ хотууру булан ыллахха эбэтэр сытарын көрдөххө, соһуччу көһуппэтэх дьыалаттан соһуйуу буолуон сөп.

Ч

ЧААСКЫ

Түһээтэххинэ чааскы алдьаннаҕына, туох эмэ үчүгэй буолуо; чааскыны эбэтэр аһыыр иһити көрдөххүнэ, сотору олоҕуҥ көнөн барыа.

ЧАЛБАХ

Чалбаҕы көрдөххэ — баай, барыс киириэҕэ; ыраас уулаах чалбаҕы кэһии — санаа туолуутугар; чалбахха түһүү — куһаҕан дьоннору кытта көрсүһүөн.

ЧАҺЫ

Хары чаһыта баар буоллаҕына, дьиэҕэ-уокка биир тэҥник, холкутук олоруу бэлиэтэ.

ЧОРООН

Түүлгэ чороон хайыннаҕына -— сылгы дуу, биэ дуу сүтуөҕэ.

ЧОХУ

Чохуну көрдөххүнэ — харчыга иэскэ киириэн, тиийиммэт буолууга ыктарыан.

ЧУУРКА

Түүлгэр чуурка көһүннэҕинэ, урут бииргэ үөрэммит эбэтэр үлэлээбит киһигин кытта көрсүөҕуҥ.

ЧУМЭЧИ

Умайа турар чумэчи — куһаҕаҥҥа.

ЧЫЫЧААХ

Чыычаах уйатын көрдөххүнэ, олоххор дьоллоох буолуон; уйаҕа олордоххуна — үөрүү буолуо.

ЧЭР

Илии чэрэ — баайга-дуолга көстөр.

ЧЭЙ

Түүлгэ чэй иһиитэ буоллаҕына үлэ-хамнас ыараханнык, бытааннык барыыта саҕаланыа.

Ы

ЫРБААХЫ

Сырдык дьүһүннээх сана ырбаахылаах буоллаххына, үөрүү, ситиһии буолуо.

ЫРЫА

Ким эрэ ырыатын иһиттэххэ — сонуннары истиэҕиҥ; үчүгэй ырыа буоллаҕына, үчүгэй сонуннар буолуохтара; бэйэн ыллаатаххына, мөлтөх быһыылар буолуохтара. Түһээн ким эмэ ыллыы турарын көрдөххө, билэр дьонун дьиэлэригэр санаарҕабыл кэлэн, эн эмиэ санааҕа ылларыаҕыҥ.

ЫСКАМЫАЙКА

Олордоххуна, билэр дьоннорун ортолоругар ылар миэстэҥ үрдээн иһиэҕэ.

ЫТ

Ыт оҕото көһүннэҕинэ‚ эдэр доҕоруҥ көрсүөҕэ; ыты өлөрүүнү көрдөххүнэ, ночоокко түһүөххэ сөп эбэтэр ханнык эрэ куттал суоһуур, ол иһин сэрэхтээх буолуохха; түһээн үчүгэй ыты көрдөххүнэ, доҕоруҥ кэлиэҕэ.

ЫТАРҔА

Түһээн ытарҕатын кэтэр дьахтары көрдөххүнэ, кыыс оҕо төруөҕэ.

ЫТЫС

Ытыс тэһэҕэс буолан хаалыыта көһуннэҕинэ‚ дьоннорун дьыаланы ночооттоохтук кэпсэтэр диэн этиэхтэрэ. Ытыһын кыһыйдаҕына —— харчы ылыаҕын.

ЫТЫРДЫЫ

Түүлгэ ытыртаххына — дьоллоох буолуоҥ.

ЫТЫЫР

Түһээн ытыыр буоллаххына, туох эрэ куһаҕан быһыы, алдьархай кэлээри гыммыт.

Э

ЭККИРЭТИИ

Куһаҕан дьон эккирэттэхтэринэ, элбэх эрэйдэр тахсыахтара.

ЭМП

Эмп иһиттэрин көрүү — эмтэниигэ.

ЭМЭЭХСИН

Куһаҕан түүлгэ маҥан танастаах эмээхсин көһүннэҕинэ, билэр кырдьаҕас киһин өлүүтүттэн улахан санаарҕабылга түһүөҕуҥ.

ЭРБИИ

Эрбии тыаһа — үлэ-хамнас, дьиэ-уот дьыалата үчүгэйдик баран иһэрин биллэрэр; илии эрбиитинэн эрбиир буоллаххына, эн ханнык да үлэни кыайар үлэһит киһигин.

ЭҺЭ

Түһээн эһэни көрүү улахан куһаҕан быһыыга көстөр, эйиэхэ улахан кыахтаах киһи куһаҕаны оҥоруон сөп. Эһэ өллөҕүнэ — улахан тойон өлүө.

ЭТ

Сиикэй эти сиэһин — ыарыыга; эти буһарыы — үчүгэйгэ; сиикэй эбэтэр тоҥ эти көрдөххө, сөбүлээбэт быһыыларыҥ буолуохтара эбэтэр албыҥна тубэһиэн.

ЭЧЭЙИИ

Туоххун эмэ эчэттэххинэ, инники буолар түбэлтэлэргэ бэйэн ночооттоох хаалыаҕын. Түһээн киһи эчэйбитин көрдөххүнэ, айаҥҥа онно—манна сылдьаргар сэрэхтээх буол, барымыаххын да сөп.

Источник

Оцените статью